аҕай

аҕай
I нареч. диал. ничего, сносно; ыалдьааччы аҕай эбит оказывается, больной чувствует себя сносно; аҕай эрэ так себе; ни плохо, ни хорошо.
II частица 1) выражает степень признака а) довольно, изрядно; оргууй аҕай довольно тихо; син аҕай довольно сносный; б) чуть, немного, несколько; үтүө аҕай ему чуть получше (о больном); аҕай-аҕай ничего, сносно; так себе; ср. соҕус; 2) усиливает знач. предшествующего cл.: аатыран аҕай сылдьар он находится в зените славы; ыксаабыт-ыгылыйбыт аҕай он страшно волнуется и торопится; төбөм аҕай! ой, как сильно болит голова!; доҕорум аҕай диэбит киһим я его всегда считал своим большим другом; ср. ахан; 3) имеет выдел.-усил. знач. с оттенком порицания, употр. обычно с личн. мест.: мин аҕай дэнэҕин думаешь, только ты такой хороший (букв. "только я такой хороший" думаешь, т. е. много о себе мнишь); биһиги аҕай буолбахтаабыккыт тогда вы много о себе воображали; 4) выражает временную и пространственную близость происходящего только что; как только; бу аҕай кэллим я только что приехал; итини барыан аҕай иннинэ эппитэ он об этом сказал перед самым отъездом; соторутааҕыта аҕай бааллара они были совсем недавно; они только что были; аттыгынан аҕай ааспыт он прошёл совсем близко от тебя; олороллорун аҕай кытта как только они сели; 5) выделяет, подчёркивает высказываемое: кинини кытары булчут аҕай барыта сөбүлэспит с ним согласился каждый охотник.

Якутско-русский словарь. - М.: Советская Энциклопедия. . 1965.

Игры ⚽ Нужно решить контрольную?

Полезное



Поделиться ссылкой на выделенное

Прямая ссылка:
Нажмите правой клавишей мыши и выберите «Копировать ссылку»